Эротические рассказы

Байанайдыын көрсүһүү. Валерий АндросовЧитать онлайн книгу.

Байанайдыын көрсүһүү - Валерий Андросов


Скачать книгу
сытар булчуттары кытта кэпсэтэбин, тула бары бэркэ диэн сезону саҕалаабыттар. Хардьыгынас тыас быыһыгар:

      – Бүгүн иккини аҕаллым! – диир Подкова 21.

      – Биир саарба, биир кыыл! – үөрэр-көтөр Подкова 4.

      – Киэҥ Үрэх, Киэҥ Үрэх, Валерка-Киэҥ Үрэх? – хос-хос Олонгоро ыйытар.

      – Хайа, эмиэ мэлийдиҥ дуо? Санааҕын түһэримэ, тургутуу ити, – диир Олонгоро.

      Кыбыста-кыбыста син сибээскэ тахсабын, кэпсэтэбин ону-маны: халлааны, ыттары, табалары, ким эрэ кими эрэ дьээбэлиир… Рация хойукка диэри оргуйа, сэһэргии турар. Түүҥҥэ диэри. Төһө да тэҥинэн сүүс киһи кэпсэттэр, син наадалаах киһигин булан кэпсэтэҕин, рация кэннэ киһи син сүргэтэ көтөҕүллэн, эмиэ сарсыҥҥа эрэллээх утуйаҕын.

      Алтыс күн суһуктуйа сырдыыта, чэйдии охсоот табалыы ыстанным. Хата табаларым эмиэ чугас хоммуттар.

      Мииннэрбин Мукучугу тутаат, ыттарбын сиэтэн саҥа эрэллээх хаамтардым. Эмиэ ааспыт күннэртэн уратыта суох курдук буолан истэ, систэн сиһи, кыра үрэхтэр бастарынан, баран иһэбин. Саарба саҥата[5] көстүбэт, өрдөөҕү суоллар эрэ, онно-манна биирдиилээн тоҥ сугун аһылыктаах улар көтөн тахсар, ыттарар бокуой биэрбэккэ көтө турар. Баччаларга эмиһэ бэрт буолан олох маска олорон биэрбэт.

      Арай, биир бэс тумулу ааһан эрдэхпинэ, ыттар иккиэн салгын сымардаан дьүккүҥнээн бардылар. Мииннэрбиттэн ыстанан түһэн бастаатым, ыттары буойа-буойа. Бэрдээн ыркыйы туораабытым, субу иннибэр аҕай үөр кыыл таба ааспыт, суоллара бурхайа сытар. Ыттар олор сыттарын ылан тардыаласпыттар эбит. Тохтоон быһаарынным. Мииннэрбин өртөөн хааллардым, ыттары тус-туспа баайталаатым (кыыл табаны ытынан бултаммат – үөмэн, сатыы эрэ). Биир моһуогум диэн – эдэр ытым соҕотох хааллаҕына үрэн барааччы, инньэ гынна эрэ кыылларбын ыстаннартыыр дьэ. Албыннаан ындыыбыттан лэппиэскэ быраҕан биэрдим, онно аралдьыйар кэмигэр аа-дьуо бардым. Саатар карабины саарбалыырга сүгэ сылдьыбаппын, чэ, тозовканан да бултуур этим диэн, ботуруон эбэргэ сананным. Түөрт ботуруону буулдьаларын сэрэнэн туураҕын, төрдүс ботуруон буораҕын хаалбыт үс ботуруоҥҥа тэҥ гына үллэрэн кутаҕын уонна буулдьаларын төттөрү олордоҕун – ыга. Оччотугар уохтаах, кыыл уҥуоҕун дьөлө көтөр күүстээх ботуруоннар буолаллар. Үөрэннэххэ түргэнник оҥоһуллар дьыала.

      Дьэ, инньэ гынаары мотурускабын[6] илиибинэн убахтаатым да… Оо, абалаах да буолар эбит! Олох да умнан кэлбиппин. Балааккабар киириигэ мутукка ыйаабыппынан оннук хаалбыт. Күнү быһа ботуруона суох бултуу сатыы сылдьыбыппын. Кыһыы бөҕө, бэйэбин эрэ буруйданабын, акаары, ыксаабыта буолан. Аны балааккабыттан номнуо көстөн ордугу тэйдэҕим дии, кыыл буоллар биир сиргэ турбат буоллаҕа. Дьээбэҕэ сиэптэрбин таптайан көрдүм, хата, дьолго биир ботуруон буллум, тозовка ботуруона кырата бэрт буолан суппуун сонум ис сиэбигэр кистэнэ сыппыта ырааппыт быһыылааҕа. Чэ, сииҥкэним мээнэҕэ ордорботоҕо буолуо диэн баран, онтукабынан ииттэн, кыылларбын салгыы ирдэстим. Өр-өтөр буолбакка кыла[7] үрдүтэн кыылларым аллараа киирдилэр.


Скачать книгу

<p>5</p>

Саҥа – кыыл саҥа суола.

<p>6</p>

Мотуруска – (түөлб.) патронташ.

<p>7</p>

Кыла – (түөлб.) очуос.

Яндекс.Метрика