Эротические рассказы

Байанайдыын көрсүһүү. Валерий АндросовЧитать онлайн книгу.

Байанайдыын көрсүһүү - Валерий Андросов


Скачать книгу
Бириһиэнинэн сабыллыбыт эһэтин эргэ матасыыкыла турар. Хаҥас истиэнэ устатын тухары хаптаһын долбуур, түгэх өттүгэр – халыҥ быылынан бүрүллүбүт кинигэлэр. Долбуур хас да этээстээх, арааһынай тэриллэр, сапчаастар, уһанар сэп эгэлгэтэ орун-оннуларын булан сыталлар. Уол хараҕа хаһан да көрбөтөх тэриллэрэ сорудаҕын умуннарыахча буоллулар.

      Ол быыһыгар туспа хоруопкаҕа эргэ ботуруоннар сыталлара болҕомтотун барытын тартылар. Санаатыгар тыытыллыа суохтааҕын харбаан эрэрэ ханан эрэ ырааҕынан элэс гынан ааста. Хортуон хахтаах ботуруоннар көтөн эрэр кус ойуулаахтара. Куостук өйүн-санаатын олох атын, аптаах сиргэ илтилэр. Убайа аах сааскы кус булдуттан кэлэн кэпсиир сырыылара бу тиллэн кэллилэр. Уолчаан кус саҥатын, кынатын тыаһын кытары истибиккэ дылы буолла.

      – Хайа нохоо, Куостук, ханна дьөлө түстүҥ? – эһэтэ сүтүктээбит саҥатыттан соһуйан ойон турда. Мааҕын көрбүт тимирин, хата, тобулу көрөн орто долбууртан булан ылла. Кыстык аллараа өттө, маска киирэрэ сытыы тумсулаах буолар эбит дуу дии санаата. Ботуруону миэстэтигэр уураат, түргэн үлүгэрдик эһэтигэр ыстанна.

      Эһэтэ хайгыы-хайгыы сиэнигэр хотууру хайдах, тоҕо таптайарын көрдөрдө. Куостук хараҕа эрэ көрөр, өйө-санаата олох атын сиргэ. Быыс булан аптаах сарайга өссө киириэн баҕарда. Онтон бырааттара сүтүктээннэр аттыгар элиэтии сырыттылар.

      – Куостук, оонньоон бүттүҥ дуо? – даллаҕар кулгаахтаах, киччэччи кырыллыбыт төкүнүк төбөлөөх быраата аттыгар аалыҥныы сатаан баран ыйытта.

      – Баран бэйэҕит оонньооҥ, үөдэттэр, мэһэйдэһимэҥ, хотуурга быстаары, – холдьохто эһэлэрэ. – Убайгыт хотуур таптайарга үөрэнэр. Бу маннык хотууру умса тутан, биитин тэнитэҕин, кыстык устатын тухары сытыары сыһыаран аа-дьуо таптайан иһэҕин. Тимирэ тэнийэн арыый чарааһыыр, оччоҕо игиинэн кыратык да аалаат, хататтаан эрэ кэбиһэҕин.

      Оҕонньор балачча өр сиэнин үөрэттэ. Уола тугу эрэ ыйытыах дьүһүннээх турарын өйдүү көрдө:

      – Тугуй? Өйдөөбөккө тураҕын дуо? – күллэ оҕонньор. Эһэтэ сымнаабытын сэрэйэн: «Миигин хаһан бултуу илдьэ бараҕыт?» – палк гыннарбытын Куостук бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалла.

      Оҕонньор балачча өр саҥарбакка олордо, табахтаата. «Дьэ, нохоо, булка барсар гына улааппыккын от үлэтигэр көрдөрөөр, быйыл бугул түгэҕин харбааһынтан эбээһинэһиҥ элбиэ, – хоруйдаата. – Онтон көстөн иһиэ, күһүөрү кус оҕолоруттан боруобалаан көрүөхпүт».

      Киэһээҥҥи аһылык кэннэ улахан дьон хотоҥҥо таҕыстылар, оҕолор түптэ оттон баран эмиэ оонньуу сүүрэкэлэстилэр. Куостук биллибэтинэн сарайыгар сыбдыйда. Тиийбитэ, сарай иһэ хараҥа буолан биэрдэ. Уол куттанан киирбэккэ тула хаама сырытта.

      – Куостук, балаҕан аанын арыйан кул эрэ! – көмө көрдөөтө эдьиийэ. Улахан дьоҥҥо илии-атах буолан, хотонтон икки толору ыаммыт үүт ыаҕайалаах иһэр эбит. Куостук сүүрэн кэлэн ээх хоту кыра бабаарына балаҕан аанын арыйан биэрдэ. Балаҕан да иһэ хараҥа соҕус, икки сылынан аҕа эдьиийэ Таанньыска улахан киһи курдук боччумнук туттар, аҕалбыт үүтүн сиидэлээри эмээллээх


Скачать книгу
Яндекс.Метрика