Саха таабырыннара / Якутские загадки. Народное творчествоЧитать онлайн книгу.
баар үһү.
Есть, говорят, некто, кто без шума странствует, без шума летит.
21. Кылыйан кыыһа кылыйан эрэр үһү.
Дочь Кылыяна на одной ноге скачет.
22. Эдьигээнтэн эриэн таба эргийбит.
Из Жиганска воротился пестрый олень.
23. Тыаһа суох саба барыйан кэлэр баар үһү.
Есть, говорят, такой, что бесшумно приходит и застилает все мраком.
24. Муҥура биллибэт бороҥ биэ оҕотуттан аһаан улаатар үһү.
Говорят, большая серая кобыла объедает свое дитя и за счет него растет.
25. Атаҕа суох да сүүрэр.
Без ног, а бежит.
26. Кинитэ суох дьон өлүөх этэ.
Без него (нее) люди бы умерли.
27. Арбаҕар астаах тойон үйэ тухары турар үһү.
Косматый господин век стоит.
28. Биир ийэлээх икки кыыс баар үһү. Ийэлэрэ кыргыттарыгар саҕынньах, бэргэһэ биэрбит. Ол кэннэ улахан кыыһыгар эппит: «Эн бары дьоҥҥо туһалаах, тапталлаах буолуоҕуҥ, ол иһин бэргэһэҕэр бэлиэтээтим». Кыра кыыһыгар эппит: «Эн үчүгэйгин да, ким да таптыа суоҕа. Арай саҕынньаҕыҥ сыаналаах буолуо, ол иһин тэллэҕэр бытырыыстаатым, бэлиэтээтим».
У одной матери две дочери. Обеим дала по белой дохе и белой шапке. Старшей дочери она предрекла: «Ты будешь всем полезна, все тебя будут любить, и потому я сделала метку на твоей шапке», а младшей дочери она сказала: «Ты красавица, но никто не будет тебя любить, только доха твоя будет дорого цениться, и потому я украсила подол кисточкой, поставила метку».
Айылҕа көстүүтэ
Явления природы
1. Улуу кыыл ойуулаах үһү.
Есть, говорят, зверь большой да пестрый.
2. Эргэл-дьэргэл эккирии турарын ким да булан-тутан ылбат үһү.
Мелькает да скачет, и никто не может его поймать.
3. Таҥара уола кыһыл көмүс курунан далбаатаннаҕына сир дьигиһийэр.
Когда сын божий золотым поясом машет – земля дрожит.
4. Байҕал балыга оонньообут үһү.
Говорят, заиграла в море рыба.
5. Аан дойду атыыра кистиир үhү, улуу дойду оҕуhа мөҥүрүүр үhү.
Говорят, жеребец вселенной ржет, бык великой страны ревет.
6. Айаҕын аттаҕына уот күндээрэр, тииһин хабырыннаҕына таас хайалар дэлбэритэ бараллар үһү.
Пасть раскроет – огонь сверкает, зубами заскрипит (заскрежещет) – края каменных гор отламываются.
7. Кыната суох көтөр баар үһү.
Без крыльев, а летит.
8. Халантай эмээхсин Улуу тойон сүөһүтүн быһа салаан ааспыт үһү.
Госпожа Халантай начисто слизала скот Улу-тойона.
9. Ким, тыла суох эрээри, бары тылынан кэпсэтэр баарый?
Без языка, а на всех языках говорит.
10. Сүгэтэ суох муосталаммыт баар үһү.
Есть, говорят, мост, без топора срубленный.
11. Соноҕос атыыр сойуоласпыта тоҕус сыл тухары сүппэт үһү.
Говорят, там, где молодой жеребец взрыл-разворотил, на девять лет след остался.
12. Кийиит оҕо бэриинэтин кыайан хомумматах, күтүөт оҕо атын кыайан туппатах.
Невеста перину не смогла прибрать, зятек лошадь не смог поймать.