Баай барыылаах Байанайдан. Андрей ЯковлевЧитать онлайн книгу.
кэнниттэн «тыыны эрдэргэ үөрэппэккин, оннооҕор бииргэ үөрэнэр кыыһым илими көрөр эбит. Мин буоллаҕына тыыны эрдэри да сатаабаппын» диэммин аҕабын үүйэ-хаайа тутан мээрилиир буолбутум.
Биирдэ күнүскү омурҕан кэнниттэн күөлбүт атаҕар баран от охсор буоллубут. Хотуурдарбытын ылан уу баһар ыллыкпытынан күөлбүт диэки хаамтыбыт. Мин тыынан барар буоллубут диэн испэр үөрэ иһэбин, аҕабын кэнниттэн батыһабын. Аҕам тыы тардарга кэлэн умса быраҕыллыбыт кырааската суох мас тыыны олордьу уурда уонна ньамах ууга тыыны үтүрүйэн киллэрдэ. Төннөн таҕыста. Сатала суох модьу уктаах эрдиини ылан илиибэр туттарда уонна «уҥуор тиийээр» диэн баран хотуурдары холбуу тутан сүктэ да, хадьымал устун дайбана турда.
Мин эмискэччитэ бэрдиттэн кулахачыҥныы түстүм. Аҕам соһуччу соругуттан соһуйдум даҕаны, куттанным даҕаны. Ол эрэн тыынан устар баҕам кэтэмэҕэйдиирбин баһыйан, «миэхэ киирэн олор, уһуннубут» диир курдук ньамаҕынан бүрүллүбүт уу үрдүгэр дагдайан турар тыыны толлубуттуу одууласпахтаат, турар сирбэр «лах» гына олоро түстүм да, атаҕым таҥаһын уонна наскыбын устуталыы оҕустум. Быллаҥныы сытар бадарааннаах, никсик сыттаах кырыһы батарыта үктээбитинэн тыым иһигэр биирдэ баар буола түстүм. Эрдиибинэн анньыммыппар тыым өсөһүөх курдук гынан иһэн, эмискэччи устан күөгэс гынна.
Тыыбын икки өттүнэн түөрэҥнэтэн ууну баһа сыһан тыым олбоҕор «лах» гына олоро түстүм. Тыыбын өрө-таҥнары уһуннаран эргичиҥнэтэн эрдинэн кулупаайдаатым. Ол ахсын ньамахтары, уулары далбаатаммыппыттан сиэҕим иһинэн, хоонньубунан уу сүүрдэ. Ууну баллырҕаччы чалбааттыырбыттан түргэн үлүгэрдик ньылбы сытыйдым.
Онтон өйбүн-төйбүн булан, сыыйа-баайа тыым сүнньүн көннөрөн, кыралаан сыҕарыйдар сыҕарыйан истим. Устуохтаах сирим хоту тыыбын хайыһыннаран күөлүм уҥуоруттан долгуннура мөхсөр кулун кутуруга оттоох сири одууластым. Аҕам бэлиэр тиийэ охсон, отуостаан эрэр эбит. Хойутаары гыммыппын дии санаат, күөлбүн кытыылаан эрдибитинэн бардым. Тыым эрэһэ долгуну силэйбитинэн, күөгэҥнээбитинэн устан истэ. Туох баар күүспүн мунньунан, дьүккүччү туттан, сыыһа-халты далбаатаан харса суохпар түһэн, эрдинэн кулупаайдаан истим. Устунан илиим үөрэнэн, эрчимнээхтик эрдинэн, аҕабар ньылбы сытыйан тиийдим. Үөрүүбүттэн сүөм үрдээн, тыыбыттан ойон тахсан сонуммун кэпсии аҕабар ойбутум. Ити мин тыыга бастакы сүрэхтэниим этэ.
Илими үтэ үөрэнии кистэлэҥнэрэ
Тыынан устары сатаабыт киһи кэбэҕэстик илими үтэ үөрэнэр. Илими ыллыҥ да үтэн киирэн барыллыбат. Манна эмиэ туспа үөрэх наада.
Илими иилиһиннэрбэккэ үтэр инниттэн илим сааһыланыахтаах. Ол аата – бастаныахтаах. Бастаммыт илими үтэргэ чэпчэки. Саха илимин таастыганнарын уу иһигэр уган олорон, тыыгын тыалга оҕустаран түһэрэр ордук.
Күүстээх тыалга илим үтүллүбэт. Тыыгын долгун түөрэҥнэтэн уунан сабыта охсон тимирдиэн да сөп. Онон эрэһэ долгуҥҥа эбэтэр хара чуумпуга киирэн үтэр хаһан баҕарар ордук буолар.
Билигин саха илиминэн илимниир киһи суоҕун кэриэтэ. Илимньиттэр бары кэриэтэ омук араас илимнэринэн туһаналлар. Илими үтээһин да албастара улаханнык